Бассаап ситимигэр тахсыбыт аҕам саастаах, Амма нэһилиэгин олохтооҕо, спорт бэтэрээнэ, саахыматы өрө туппут Николай Алексеев этин-сиинин чэбдигирдэн дьарыктана сылдьар хаартыскалара үгүс дьону улаханнык соһуталаан олорор. Аҕыс уонус кыс хаарыгар үктэнэн эрэр ытык кырдьаҕас сааһыгар холооно суох сымса хамсаныыларын көрөн сөҕөн бөтө бэрдэрдибит, соһуйан тылбытыттан маттыбыт.
Николай Николаевич эдэригэр да, эмэнигэр да эт-тирии элэйэр спордунан бугуһуйан дьарыктаммыта суоҕа, арай, саллар сааһын тухары саахыматынан „ыалдьар“. Дьэ уонна хантан итинник сэниэ, эрчим иҥмитин бэркиһээн эрийэн кэпсэтэргэ сананныбыт. Туруупкаҕа үстэ-түөртэ ыҥыртаран баран, оҕо саҥатын күйгүөрүн быыһыгар бэрт сэргэх куолас „Алуо, истэбин алуо“ дэтэлиир.
— Алуо, Николай Николаевич дорообото тут…
— Ээх, дорообо.
— Бассаапка тарҕаммыт хаартыскаларгын сонурҕаан тиийдим. Ити йога диэннэринэн дьарыктанар эбиккин дуу?
— Ээ, суох, туох дьуогата кэлиэй. Ити көннөрү бэйэм иҥэ-бата сатаан. Ороммор сыттым, сиргэ тэллэх бырахтым да төлөпүөммүн холбуубун уонна онтон көрөн кыралаан дьарыктанабын.
— Олоппоско сытаргын үтүктэбин диэн сүнньүм иҥиирэ быста сыста ээ…
— Буолумуна, һэ-һэ, итини ылбычча оҥорор уустук буолуо. Мин 70 сааспын ааһан баран итинэн дьарыктаммытым. Эти-сиини мэлдьи уһугуннара сырыттахха киһи доруобуйата чөл, чэгиэн буолар. Бээ, өссө бу сайын Чурапчыга кырдьаҕастар лааҕырдарыгар бара сылдьыбыттаахпын. Онно Дьокуускайтан медицинэ кииниттэн үлэһиттэр кэлэн киһи биологическэй сааһын быһаарар тэриллэринэн тест оҥорон тураллар. Хор, онно миигин биологическэй сааһыҥ – 65 диэн үөрдүбүттэрэ. Инньэ миигиннээҕэр эдэрчи дьон саастарын 90 сааска холоон хомотон турар.
— Тыый!
— Дьэ, оннук!
Ити курдук, бу ыйга лоп курдук 80 сааһын бэлиэтээн эрэр Николай Николаевич тиис-уос баранан, дьүһүн-бодо дьүдьэйэн сорсуйбута ханан да суох, ол оннугар саас ыларыгар кыһаммат кыахтаах, кэм-кэрдии кэбирэтэригэр бэриммэт эрчимнээх өрө көтө-мөҕө сылдьар. Убаастабыллаах ытык кырдьаҕаспыт бу курдук эдэрдэргэ холобур буолан чэгиэнник сырыт диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит.