2024 сыл муус устар ый 22 күнүгэр болдьоммут сааскы вахтаҕа АНО «Саха сирин эдэр ыччатын патриотическай иитии» иһинэн тэриллибит «Холбоһуктаах көрдүүр этэрээт «Саха сирэ - Ильмень», Сунтаартан 5 оголоох «Сонор», Ньурба, Чурапчы, Мэнэ-Ханалас, Таатта, Сунтаар 8 учууталларыттан «Мохсоҕол» этэрээттэри тэринэн Ильмень күөльгэ баран кэллибит. Саха сирин бэтэрээннэрин бырааптарын көмүскүүр «Ветеран» Ассоцияциятын гранынан учууталлар үбүлэннилэр, оҕолору төрөппүттэрэ үбүлээтилэр. Сунтаар улууһа кэлин төлүөҕүм диэн мэктиэлээтэ.
Новгородскай уобалас, Старорусскай оройуонун Ретлё дэриэбинэтин тулатыгар19-с хайыһар биригээдэтин буойун дьоннорун көрдөөтүбүт. Биир көмүүтун буллубут, ситэри хараллыбатахтарын дакаастаатыбыт, сыалбытын толордубут. Ол көмүү булуллубут сирэ уута бэрт буолан буойуннары көтөҕүүнү күһүҥҥүгэ былааннаан кэллибит.
Төһө сөптөөҕуй, саллааттары көрдүүрбут оруннаах дуу суох дуу диэн ыйыттахха саха дьоно араастык ылынар. Сыһыан араас. Ким сөбүлэһэр, ким утарылаһар, ким куттанар, ким аньыырҕыыр.
Нуучча дьоно өлбүт дьонноругар уҥуох туталлар, көрөллөр - харайаллар онно бэл анаммыт күннээхтэр, сыһыаннара олус учугэй.
Саха дьоно өйбут- санаабыт, өлбүт дьоҥҥо сыһыаммыт олох атын. Күҥҥэ, уокка сүгүрүйэрбит, сир дойду иччилэрин билинэрбит билиҥҥэ дылы сүппэккэ сылдьар. Бары сыыһа өйдөбүл диэбиппитин аньыырҕыыбыт.
Саха киһитэ бэйэтин аймаҕын өллөҕунэ уҥуох тутан, дьаһайан көмөрун ытык иэс курдук сананар. Аймаҕа суох киһини атас - доҕор дьонноро эбэтэр чугас баар атын да дьоннор бары силиһин ситэрэн көмөллөр. Улахан бэлиэ дьоннору орто дойдуга олорон ааспыт үтүөлэрин көрөннөр араастаан көмөллөр, бас - көс киһи, буойун киһи көмүллүүтэ барыта бэйэтигэр сөптөөх өйдөбүл быһыытынан хараллар, хараллыахтаах даҕаны. Ойууттарбытын, удаҕаннарбытын араҥастыыр идэ кытта баар. Ол аата өлбут киһи бу орто дойдуга олорон кэлбит үтүөтүн быһыытынан онно сөп тубэһиннэрэн көмүллүөхтээх диэн өйдөбүл, ирдэбил сахаҕа баар. Бары ирдэнэри барытын толорон, силиһин ситэрэн көмтүбүт дэһэбит. Өлбүт киһи бэйэтигэр сөптөөх ирдэбилинэн көмүллүбэтэҕин биллэхпитинэ айыырҕыыбыт. Ону ситэри толоруохтаах аймах билэ, атас доҕор, чугас таһынааҕы да дьоннор бары толорботох буоллахтарына норуот өйдөбүлүнэн сиилэнэллэр, баҕайылар диэн ааттаналлар. Ити баар суол.
Саха сиригэр төрөөбүт-үөскээбит киһи бары үөһэттэн ананан бэриллибит олоҕун толору олоруохтаах диэн өйдөбүл баар. Оттон сиргэ бэриллибит олоҕу толору олорору араҥаччылыыр киһини дьон бары ытыктыыр, өрө тутар киһитэ буолар. Ол киьи баар буолан үрүҥ тыыммын өллөйдөөтө, араҥаччылаата, быыһаата - абыраата диэн быыһаммыт киһи дьоҥҥо кэпсээн оҥостор. Маннык киһиэхэ махтал муҥура суох буолар, атын да дьоннор биһирэбиллэрин ыллын диэн киэн эйгэҕэ биллэрэ сатыыр. Үтүө дьыаланы оҥорор киһи диэн сыаналаныахтаах диэн толкуйдуур. Бэл бэйэтин олоҕун харыстаабакка атын дьон туһугар кыһаллар. Маннык киһи дьон норуот биһирэбилин, хайҕабылын, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүлү ылыахтаах диэн буолар. Оттон, өйдөөн көрдөххө, бу биһиги сэрии саҕана дьон көмүскэлин туһугар олоҕун толук уурбут буойуммут дии. Кини баҕарбатаҕын да иһин сэриигэ барбыта эбээт, уонна онтон төннүбэтэҕэ. Сатаатар көмүллүбүт да сирэ биллибэт. Буойун буоларын быһыытынан киниэхэ ананар силигин да ситэттэрбэккэ сүппүт буоллаҕа. Ким эмит, айыы киһитэ сыстан буору буллардылар эрэ, суох эрэ. Чугас дьоннорун аны суор - тураах, кыыл – сүөл уҥуоҕун ый ыһыаҕа оҥорбуттара дуу диэн дьиксинии үүйэ-хаайа тутар. Бу эмиэ сахаҕа баар өйдөбүл.
Ол аата саха киһитин өйдөбүлэ өлбүт киһи бары силигин ситэрэн көмүллүбүт буолуохтаах диэн. Дьэ оннук силигэ ситэриллэн көмүллүбүт киһини уйгуурдан кэлэр –барар, ытыыр -соҥуур, эгэ хостуур олох сатаммат. Тыытымаҥ сыттын диэн буолар. Сөп ээ. Бу көннөрү бэйэтин олоҕун туһугар олорбут киһиэхэ сыһыан.
Дьон туһугар тыына быстыбыт киһи туһа туспа. Кини аата суола үрдүктүк тутуллуохтаах, кэриэстэниэхтээх. Кэнэҕэски көлүөнэҕэ кини холобур буолуохтаах. Силигэ ситэриллибэккэ көмүллүбүт буоллаҕына ситэри оҥорорбут кэнчээри ыччаттар биһиги иэспит буолар. Кини олох өрөгөйдүүрүн туһугар, биһиги туспутугар тыына быстыбыта. Биһиги ону ылыммат, учуоттаабат, дьаһаммат буоллахпытына бэйэбит кэннибититтэн кэлэр көлүөнэлэрбит туһугар улахан айыыны оҥостобут. Бу өйдөбүл саха дьонугар бигэтик киириэхтээх. Бу мин эрэ өйдөбүлүм буолбатах. Саха сиэрин-туомун үөрэтэр дьоммут, үөһэттэн айдарыылаах да дьоннорбут бука бары итинник этэллэр. Биһиги ону ылыныахтаахпыт, сорук оҥостон сэриигэ өлбут дьоммутун өрө тутан, ир суолларын ирдээн, көмүллүбэтэхтэрбитин булан буойун курдук чиэстээн, силигин ситэрэн көмөн, үтүө аатын үйэлэргэ умнуллубат курдук дьаһайыахтаахпыт. Бу биһиги ытык иэспит буолуохтаах.
Үөрэтэн көрбүтүм 19-с биригээдэ бастакы күн кыргыллыбыт дьоннорбутун ньиэмэстэр дьаһайбыттар эбит. Ол кинилэр биһиги дьоммутун буойун курдук чиэстээн көммүттэр үһү дуо? Суоҕа чуолкай. Онно- манна быраҕалаан сири буллардахтара. Кэлин 1958 сыллаахха Ретлё дэриэбинэ таһыгар буойуттар көмүллүүлэрин хостотолоон ылан атын сиргэ илдьитэлээн диэн дьаһал тахсыбытыгар бу дэриэбинэттэн биир көмүүнү буланнар сир уларыппыттарын олохтоохтор билэллэр. Сир уларыталларыгар буойуннуу чиэстээн көмпүттэрэ буолуо диэн бүк эрэниэххэ. Атын көмүүнү булбуттарын, дьаһайбыттарын олохтоохтор бигэргэппэттэр. Ол аата Ретлёҕа ситэ хараллыбакка хаалбыт 19-с биригээдэ буойуттара өссө да элбэх буолуохтаахтар.
19-с биригээдэҕэ 10 -ча оройуон дьоно сэриилэспиттэрэ, «Списки безвозвратных потерь» диэнтэн ыланнар үлүбээй «похоронен на берегу озера Ильмень севернее деревни Ретлё» диэн суруйаллар. Сураҕа суох сүппүттэр үгүс.
Биһигиттэн ураты 19-с биригээдэни өрө тутар атын омук дьонноро баалларын истибэппин. Сахалар биһиги эрэ быһыылаах. Ол да быһыытынан биригээдэ булуллубатах буойуттарын биһиги саха дьоно көрдүүр эбээһинэһи бэйэбитигэр ылыннахпытына табыллар. Саҕалаатыбыт, чахчы «дьаһаллыбатахтарын» дакаастаатыбыт. Өссө көрдүөххэ.
Көрдүүрбүт оруннаах.
Васильев К.В. Маар с., ыам ыйа 2024 сыл
Санкт-Петербург.